Били литературабыт саєаланыытыгар
Алампа сэрэппитин курдук цивилизация, сайдыы алдьархайдара ыччаппытын
иэдэппитин ту»унан Айысхаана *Сјлј»јннээх инньэтигэр* ааєабыт. Манна арыгы,
табах, дьэбир бы»ыы эрэ буолбакка наркомания курдук ыар дьаллык бјрјјкээбитин
к№р№бјт.
Ити курдук, билиЅЅи кэминээєи литератураны салгыы к№р№р буоллахха олох
хаамыыта, кэм кэрдиитэ саха ыччатын майгытыгар улахан уларыйыыны аєалбытын
к№р№бјт. Холобура, Марков Степан *Хаайыылаах дьылєата* сэ»энин саєаланыытыгар
эдэр кэскиллээх ки»и, јрдјк ј№рэхтээх, инникитин учуонай буоларга бэлэмнэнэ
сылдьар эдэр ки»и олоєо туох да бэрткэ саєаланар, тапталын к№рс№н кэргэн ылар,
с№бјлјјр јлэтин булан јлэлиир, ол эрээри олох уларыйыытыгар оєустаран, кэргэнэ
Айта арыгыга ылларар, кистэлэЅ баєайытык №л№н хаалар, №л№рјјгэ балыллан ти»эєэр
тиийэн Софрон хаайыы ки»итэ буолан хаалар.
Арыгы содула уол оєоєо эрэ буолбакка аны нарын намчы олох т№рд№,
дьиэ-кэргэн уйата буолуохтаах саха кыы»ыгар ааЅнаан кэлбитин кэпсиир ки»и
дьиксинэр айымньыта буолар.
Ол эрээри барыта оннук эрэлэ суох
буолбатаєын Уйбаан Ойуур *Аймахтар* сэ»энинэн романын аахтахпытына итэєэйэбит.
Бу айымньыга ааспыт сэбиэскэй кэми хабан, тоєус уонус сыллартан саєаламмыт
уопсастыба сјЅкэн уларыйыылара ки»и дьылєатыгар, кини №йјгэр-санаатыгар,
майгытыгар-сигилитигэр хайдах дьайбыттарын суруйааччы си»илии ойуулуур. Ити курдук, олох араас очурдарын-чочурдарын
туораан, тэрийэр дьоєурдаах туруу јлэ»ит Ньургун јтј№ санаалаах кэргэнинээн
Ньургуйааналыын чугас аймахтарын тјмэн, иллээх-эйэлээх, к№н№ суолу туту»ан,
дьиэ кэргэн бизне»инэн дьарыктанарга дьулу»аллар.
Варвара Окорокова: *Эдэр ки»и обра»а
литератураєа ураты оруоллаах: кини олоххо саЅа сјјрээн киириитин символа уонна
инники олох кэскилэ. Эдэр герой угэс курдук, эрчимнээх, эйэлэ»имтиэтэ суох
кимиэллээх охсу»ааччы, туох баар саЅаны №й№№ччј. Эдэр ки»и уобара»ын кытта
характер сайдыыта-јјнјјтэ, бу»уута-хатыыта, олоххо миэстэни булунуу курдук
темалар сибээстээхтэр* - диэн суруйбутун тјмјк тылга этэбин.
Билигин литература кирбиитигэр саЅа јктэнэн
эдэр суруйааччылар Николай Кривошапкин, Гавриил Андросов, Семен Маисов курдук
ааттар тахсан эрэллэр. Би»иги кинилэртэн эдэр Ки»и саЅа уобарастарын кэтэ»эбит.